«Оскуолам барахсан»
Татьяна Никифорова тыла
Степан Васильев мелодията
Дууһаны долгутар алыптаах
Лыҥкынас тойуктаах чуораанын
Сырдыгы сыдьаайар кыһаҕар
Кырачаан ыччаты ыҥырда
Хос ырыа:
Ыҥырда-билиигэ.үөрэххэ.
Ыҥырда - кэрэҕэ-сырдыкка.
Ыҥырда – үрдүктэн үрдүккэ.
Эн биэрбит билиигэр бигэнэн,
Өй – санаа чыпчаалын дабайан.
Үөрэхтээх дьон буолан тахсабыт,
Дойдубут
кэскилин түстүүбүт.
Хос ырыа:
Махталбын тиэрдэбин – эйиэхэ.
Ыраахтан
сыдьаайар сырдыкка,
Үтүөҕэ – кэрэҕэ, уһуйар.
Оскуолам
барахсан - эйиэхэ.
Хос ырыа: