Тэрийээччилэр: МБОУ «Мастаах орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата», МБУК «Кэбээйитээђи МЦБС»
Сыала-соруга:
o Федора Петровна Егорова үлэтин, олорбут олођун ођођо билиһиннэрии;
o краеведческай матырыйаалга интэриэһи көбүтүү;
o улууспут биллиилээх дьонунан киэн туттуу санаатын үөскэтии.
Викторинађа Кэбээйи улууһун оскуолаларын орто, улахан сүһүөх кылаастарын ођолоро кытталлар. Хоруйдары бу дьыл муус устар 5 күнүгэр диэри Мастаах орто оскуолатын аатыгар ыытађыт. Электроннай аадырыс: mastakh@mail.ru
Кыайыылаахтарга I, II, III степеннээх анал дипломнар, кыттааччыларга сертификаттар туттарыллыахтара.
Викторина ыйытыылара:
1. Федора Петровна Егорова төрөөбүт күнэ, ыйа, сыла?
2. Ийэтин, аҕатын ааттара?
3. Бииргэ төрөөбүттэр хастарый?
4. Федора Петровна Егорова дьиэ кэргэнигэр хаһыс оҕонон күн сирин көрбүтэй?
5. Орто оскуоланы ханна үөрэнэн бүтэрбитэй?
6. Бастакы идэтийбит үөрэҕэ ханныгый?
7. Сунтаар улууһугар ханнык бөһүөлэккэ, тугунан үлэлээбитэй?
8. Иккис үөрэҕин ханна уонна хаһан үөрэнэн бүтэрбитэй, туох идэтин баһылаабытай?
9. Кыым хаһыат бастакы аата?
10. Бу хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ хас сыллаахха төһө ахсаанынан тахсыбытай?
11. «Кыым» диэн аат хаc сыллаахха иҥэриллибитэй?
12. Федора Петровна «Кыым» хаһыакка хас сыллаахтан үлэлиирий?
13. «Кыым» хаһыат редакциятыгар хас сыл үлэлээбитэй?
14. «Кыым» хаһыат хас сыллаахха сабылла сылдьыбытай?
15. Хаһыат хас сыллаахха сөргүтүллүбүтэй?
16. Бу ким тылларай?
«Соһуйдум, урааҥхай сахам ортотугар «Кыым» барахсан күөрэс гына түстэ! Оо, тапталлаах хаһыатым, дорообо, кытыастар «Кыым»»!
17. Федора Петровна Егорова хас улуус бочуоттаах олохтооҕо буоларый?
18. Ханнык улуустарый?
19. «Кыһыл көмүс бөрүө » лауреата диэн ааты хас сыллаахха ылбытай?
20. Федора Петровна Егороваҕа ким анаабыт тылларай?
«Тус бэйэтин хорсунунан, булгуруйбат дьулуурунан, сындалҕаннаах сыратынан сабыллыбыт хаһыаты тилиннэрэн, күн бүгүҥҥэ диэри сахатын норуотугар кырдьыгы, сырдыгы, үйэлээҕи тарҕатар»