Үлэ түмүгэ – ситиhии төрдө
Кулун тутар 14-15 күнүгэр “Айдарыы” фольклорнай ансаамбыл алын сүhүөҕүн оҕолоро Дьокуускай куоракка “Бриллиантовые нотки” Международнай күрэххэ 1 степеннээх Дипломант аатын сүгэн кэллилэр.
Кулун тутар 27 күнүгэр “Хоровод Дружбы” республикатааҕы куонкуруска 3 степеннээх Лауреат үрдүк аатын сүктүлэр.
Кулун тутар 28 күнүгэр “Көмүс дорҕоон” республикатааҕы куонкуруска 3 степеннээх дипломант буоллулар.
Биhиги салайааччы Жакипова Сардана Констанитиновнаны уонна кини иитиллээччилэрин сыл устата сыралаhан үлэлээбит үлэлэрэ сыаналаммытынан эҕэрдэлиибит уонна оҕолор ситиhиилэринэн киэн туттабыт! Өссө үрдүк ситиhиилэри баҕарабыт!
“Эстраднай вокал”. Салайааччы Захаров Эдуард Иванович.
Кулун тутар 28 күнугэр “Көмүс дорҕоон” республикатааҕы куонкуруска “Кустукчаана” ырыа ансаамбыла “Лучший вокальный ансамбль” номинация тиксэн үөрүү үтүмэнин биллэ!
Михайлова Аина, соло, 11 кылаас – 1 степеннээх Лауреат;
Михайлова Моника, соло, 8 кылаас - 1 степеннээх дипломант;
Гурьев Айхал, соло, 5 кылаас - 1 степеннээх дипломант.
“Эстраднай вокал” салайааччытын Э.И.Захаровы уонна кини иитиллээччилэрин үрдүк ситиhиинэн эҕэрдэлиибит! Ырыа алыптаах дорҕооно көҥүл көччүйэн истээччилэр сүрэхтэрин сүүйдүн диэн эҕэрдэ тыл бастыҥын аныыбыт!
“Сайдам” үҥкүү ансаамбыла. Салайааччы Уваровскай Егор Афанасьевич.
Кулун тутар ый. Дьокуускай. “Танцует Якутия” республикатааҕы куонкуруска 2 степеннээх Лауреат үрдүк аатын сүкпүтүнэн эҕэрдэлиибит! Өссө үрдүк ситиhиигэ кынаттанан “Сайдам” үҥкүү ансаамбыла образцовай коллектив буоларыгар баҕа санаа бастыҥын аныыбыт!
Кулун тутар 28 күнэ. Покровскай куорат. “Күн сардаҥалара” кыргыттар үҥкүү ансаамбылын алын сүhүөҕэ (салайааччы Афанасьева Варвара Николаевна) “Көмүс дорҕоон” республикатааҕы куонкуруска ситиhиилээхтик кыттан кэллэ. Биhиги кырачаан үҥкүүhүттэрбитин улахан сыанаҕа, республика таhымыгар сүрэхтэммит бастакы куонкурустарынан эҕэрдэлиибит!Эhиги ситиhиигит өссө да инникитин угуйа-ыҥыра турдун!
Саргылана Ноговицына култуура миниистирэ, 10 кылаас |